Бэс ыйын 28 күнүттэн саҕалаан от ыйын 10 кунугэр дылы оскуола оҕолоругар „көрбөккө түргэнник бэчээттээһин“ ньыматыгар үөрэтии киин библиотека иһинэн ыытылынна. Бу ньыманы баһылааһын оҕо инники олоҕор дьылҕатыгар улахан суолталаах туһалаах буолар. ... Читать дальше » |
Ыам ыйын 27 күнэ -Бутун Россиятааҕы библиотекалар уонна библиотека идэлээхтэрин күннэрэ. Ол чэрчитинэн оройуон библиотекаларыгар араас тэрээҺиннэр буоллуллар. Оҕо библиотекатыгар оскуола о5олоругар интеллектуальнай квест оонньуу ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ Өлөөн орто оскуолтын 5-6 кылааһын үөрэнээччилэрэ “Красные”, “Синие”, &ldquo ... Читать дальше » |
25 мая:
26 мая:
|
Кинигэ сүрэхтэниитэ муус устар 27 күнүгэр Харыйалаах "Илкээнньи" культура дьиэтигэр буолан ааспыта. Кинигэни Раиса Семеновна Аммосова - биьиги оройуоммут Харыйалааҕын олохтооҕо хомуйан оҥорбут. Оттон кинигэ ааптара тыыл, үлэ ветерана Сухаана нэьилиэгин төрүт олохтооҕо - Сергеева Анна Федоровна. Кинигэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар оччотооҕу Сухаана нэһилиэгин олохтоохторо бэйэни харыстаммат үлэлэрин туһунан кэпсэнэр. Быһата тыылга да олорон Кыайыыны уһансыахха сөбүн туһунан ахтыылары ааҕа олорон санаан ылаҕын... Урукку сылларга Сухаана нэһилиэгин туһунан кинигэ сурулла даҕаны, тахса да илик. Онон бу ... Читать дальше » |
Библионочь – муус устар ыйга сыл аахсын Бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллар ааҕыы фестиваля. Бу түүн библиотекаларга, кинигэ маҕаһыыннарыгар, литературнай музейдарга туһалаахтык бириэмэлэрин атаараллар. Бастакы акция 2012 сыллаахха культура менеджердарын Ассоциациятын иҥэриллибитэ. Муус устар 21 күнүгэр Бүтүн Россиятааҕы түүҥҥү библиотека акцияҕа кыттыһан Өлөөн улуустааҕы библиотеката ааҕааччыларга бэйэтин тэрээһиннэрин ыытта. Бу күн киэһэ 5 чаастан 10 чааска дылы араас хайысхалаах тэрээһ ... Читать дальше » |
Кыыс о5о - норуот кэскилэ, кэскилээх омук эрэлэ. Аан дойду дьахталларын күнүгэр - сааскы бырааһынньыкка айыл5а барахсан туран биэрдэ. Саас кэлэн, күммүт тыган, үөрэ-көтө кырачаан кыргыттарга "А, ну-ка, девочки!" кулун тутар 6 күнүгэр Өлөөннөөҕү киин библитиэкэтигэр ыытыллар куонкуруска муһуннулар. Оройуоннааҕы киин оҕо бибилэтиэкэтигэр кыргыттары көрүстүлэр эйэҕэс оҕо бибилитиэкэтин сэбиэдиссэйэ Мария Николаевна уонна Ирина Алексеевна. Куонкуруһу үөрүүлээх быһыыга-майгыга бырааһынньыгынан итии-истиҥ тылларынан эҕэрдэлээн туран Өлөөннөөҕү оҕо уонна дьиэ кэргэн көмүскэлин отделениетын баспытаатала уонна дьиэ кэргэн көмүскэлин отделениетын баспытаатала Вероника Юриевна уонна оҕо отделын библитиэкэтин библиотекара Ирина Алексеевна иилээн-саҕалаан арыйдылар. Кыргыттар муусука ырыатыгар доҕуһуоллатан жеребьевканан нүөмэрдэри таллылар. Бастакы нүөмэри саамай кырачаан 2 кылаас үөрэнээччитэ Маша Софронова тардан ылла, иккис нүөмэринэн Инесса Николаева ойо тарда, үһүс н ... Читать дальше » |
А5а дойдуну көмүскээччи күнүн бэлиэтиир бырааһынньыга үрдүк таһымнаахтык бэлиэтэннэ. Ол курдук олунньу 22 күнүгэр Өлөөн бөһүөлэгэр Өлөөннөөҕү киин библиотека уонна Өлөөннөөҕү оҕо уонна дьиэ кэргэн көмүскэлин киинэ кыттыһаннар Аҕа дойду күнүгэр аналлаах уол оҕолорго ырыысарскай турнир ыытылынна. күрэҕи киин библиотека үлэһиттэрэ Мария Николаевна уонна Екатерина Васильевна иилээн-саҕалаан ыыттылар. Бу турнирга 5 чаҕылкай уол оҕолоро кыттыыны ылла. Турнир 5 түһүмэххэ араарылынна, онно уолаттарбыт бары биир тэҥник бэйэтин курдук уруһуйдаан талаанын көрдөрдө. Иккис түһүмэххэ хаһыаты имитэн баран мээчик курдук корзинаҕа таба быраҕыыга саамай сытыы харахтаах уол Миша Герасимов буолла. Үһүс түһүмэххэ үөһэттэн түһэрбит харандаастарын таба тардан ылыыга Давид Никол ... Читать дальше » |
Олунньу 13 күнэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ. Сахабыт сирин усталаах-туоратын тухары, хоту Муустаах муора кытылыттан, киэн нэлэмэн туундараттан соҕуруу Амур өрүс тардыытыгар, көмүстээх Алдан хайаларыгар тиийэ сахалы ырыа-хоһоон, олоҥхо-оһуохай ыһыаҕа ыһыллар, хас биирдии дэриэбинэҕэ, куоракка, оскуолаҕа тиийэ ийэ тылга сүгүрүйүү сиэрэ-туома ыытыллар. Оройуоннааҕы киин библиотекаҕа төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан олунньу 6 күнүттэн 14 күнүгэр диэри бэрт араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.: -Уһуйаан иитиллээччилэригэр сахалыы суругу -бичиги, саха алфавитын олохтообут Семен Андреевич Новгородов туһунан бэсиэдэ уонна саха суруйааччыларын хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕыы куонкуруһа ыытылынна. Оҕолор саха бастакы букубаарын биллилэр. Сахалыы саҥа кинигэлэ ... Читать дальше » |
В Оленекской центральной библиотеке состоится диктант на якутском языке "Сахалыы диктант" посвященный Дню родного языка и письменности. Место проведения: 13 февраля 2017 г. в 17:00 ч Оленекская центральная библиотека, читальный зал ПРИХОДИТЕ, будем рады всем!
|
С.С. Яковлев - Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах тематическэй биэчэр буолла. Кыттыыны ыллыллар Х,М. Николаев аатынан Өлөөн орто оскуолатын 9 уонна 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ. Краеведческэй отдел библиотекарэ М. С. Николаева суруйааччы олоҕун, айар уонна общественнай үлэтин туһунан билиһиннэрдэ. Саха уус - уран литературатыгар суруйан хаалларбыт айымньыларын ырыттылар. Түмүгэр кини олоҕуттан кылгас викторина ыытылынна. Элбэх сөптөөх эппиэттэри Василина Николаева, Алекса Алексеева, Августина Федорова уонна 6 кылаас үөрэнээччитэ Женя Иванов биэрдилэр. Россияҕа экология сыла саҕаламмытынан ааҕар саала библиотекарэ Екатерина Иванова сыл устата айылҕаны харыстааһыҥҥа, араҥаччылааһыҥҥа, ытык бэлиэ сирдэри харыстааһыҥҥа туох үлэ барыахтааҕын сырдатта. ... Читать дальше » |